МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "УС-КЮЕЛЬСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "КУРБУСАХСКИЙ НАСЛЕГ"

Архив за Май 2025

Өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 80 сылынан эҕэрдэлээн туран, «Бочуот Знага» орден хаһаайына, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус-Алдан оройуонун уонна Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо- Аммосов Петр Николаевич быйыл төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, аҕатыгар, сэрии кыттыылааҕар Аммосов Николай Михайловичка анаан суруйбут ахтыытыгар олоҕуран- «Чаҕылхай олох» театрализованнай дьүһүйүүнү эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт! Көрүн! Сэргээн!

Быйыл биһиги өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит, ол чэрчитинэн Улуу Кыайыы күнүн көрсө бөһүөлэкпитигэр олорор тыыл бэтэрээннэригэр анаан бэйэбит илиибитинэн оҥорбут бэлэхпитин туттардыбыт, уонна кыра да буоллар эҕэрдэлээн тураммыт кэнсиэрдээтибит. Бэтэрээннэрбит хата бары үөрэ- көтө көрсөннөр, кэнсиэр көрөннөр сэргэхсийбиттэрэ буолуо диэн эрэнэбит!