МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "УС-КЮЕЛЬСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "КУРБУСАХСКИЙ НАСЛЕГ"

«Биир сомоҕонон — кыайыыга» диэн Курбуһах нэһилиэгин тэрилтэлэрэ кыттыылаах Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах бырааһынньыктаагы тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэкпит үлэлээн олорор тэрилтэлэрэ олус көхтөөхтүк араас норуоттар таҥастарын, култуураларын көрдөрөн, астарын астаан кытыннылар. Бары кыттыбыт тэрилтэлэргэ «Сандал» СК киинин аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

Уус Алдан улууһугар «А5а сылынан», Россияҕа Аҕа күнүнэн традиционнай оҕунан ытыы күрэҕэ буолан ааста.Күрэхтэһии ветераннарга уонна 55 саастарыгар диэри ыытылынна.

Тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн ветераннарга бочуоттаах 1 миэстэни ылары ситистэ Василий Тимофеев, 2 миэстэ Гаврил Васильев, 3 миэстэ Алексей Пестряков. Уонна эдэрдэргэ 1 миэстэни ылары ситистэ Адам Васильев, 2 миэстэ Иван Петров, 3 миэстэ Олег Винокуров. Кыайыылахтарга барыларыгар эҕэрдэ!

Нэлэгэргэ «Молотов» аатынан холхуоска 1935- 1940 сс. аан маҥнай оҕуруот аһын үүннэриитин саҕалаабыт кэриэй оҕуруотчуттарыгар, аҕалаах уол Цой Дюн Хи ( Цой Сергей) уонна Цой Чан Дьой( Цой Уйбаан) сырдык кэриэстэригэр турбут Мэҥэ Таас арыллыыта.